Слайд 1Саха литературатын классик суруйааччыта
Базар, эмиэ,-
Саха аймах сайдарыгар,
Үлэһит норуота
Үөрэзэ үрдүүрүгэр
Үөрэ – көтө
үлэлиир,
Үөрдүһэн ханыылаһан сылдьар
Үтүө киһи буолуом.
Сүрэзим – быарым сөрүүн,
Санаам – өйүм дьайза...
(«Азабар сурук” айымнньыттан)
Слайд 2Анемподист Иванович Софронов-Алампа
Слайд 3А.И.Софронов төрдө ууһа.
Анемподист Софронов төрөөбүт сирэ - Таатта улууһа (урукку Боотуруускай
улуус), I Дьохсоҕон нэһилиэгэ, төрөөбүт кэмэ - сэтинньи 14 күнэ, 1886 сыл. Куобах буьарбыт диэн төрүт өбүгэ алаастара.
Слайд 4
Аҕата Иван Корнилович Софронов, сүөһү иитэн, бэйэтин уйуттар сэниэ ыал буолан
иһэн, үс кэргэнэ субуруччу өлөн, элбэх оҕото өлөн, аһыыга ылларан айманан, бэрт кыһалҕалаахтык олорбута.
Слайд 5
1907 сыл.
Азата Иван Корнилович Софронов уола Роман кийиитэ Дария ортолоругар олорор,Алампа
убайа Василийдыын тураллар
Слайд 61902 сыллаахха Алампа Ытык Күөлгэ таҥара дьиэтин оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ.
Слайд 7Тураллар: Р.Кулаковскай,Е.Егасов,А.Кулаковскай,А.И.Софронов,М.Слепцов,Г.Сивцев.Олороллор:Алампа таайаФ.А.Сивцев,кэргэнэ Лукерия.
Слайд 81907сыл
"Уон алтабын туоларбар, мин дьолбор, биһиги чугаспытыгар таҥара дьиэтин оскуолата аһыллыбыта.
Онно аҕабыттан-ийэбиттэн көрдөһөн, дьиэбиттэн өйүөлэнэн, бэйэм астанан, ол оскуола иккис курууппатыгар дэҥ кэриэтэ түбэһэн, икки кыһын үөрэнэн бүтэрбитим. Онтон салҕаан үөрэнэр күүс суоҕа. Хата, ол сыл улахан биим, үөрэҕин бүтэрэн, Байаҕантай Алланыгар биир кылаастаах оскуолаҕа учуутал буолбутугар баран, бииргэ олорон, үс кыһын кэриҥэ салайтаран үөрэммитим. Сонно эрэ олорон, эдэр саас үчүгэйин бэрт кыратык билэн аһарбытым. Сонтон ыла кинигэни ааҕарга үөрэммитим. Үрэх баһа дойду буолан, оччотооҕу мин ааҕарбар сөптөөх кинигэ диэн суоҕа, инньэ гынан биим ааҕар, нуучча улахан суруксуттара - Пушкин, Гоголь, Лермонтов, Некрасов суруйбут кинигэлэрин ааҕан бартым".
Слайд 9Аймахтара
Алампа ийэтин балта М.Слепцова дьиэ кэргэнинээн
Слайд 10Бииргэ төрөөбүттэрэ
убайа Василий Софронович
Василий Иванович Алампаттан баара-суоҕа түөрт сыл аҕа
этэ, кини оҕо эрдэҕиттэн үөрэнэн, кэлин Дьокуускайдааҕы реальнай училищены бүтэрбитэ. 1904 сыллаахтан Василий Иванович билиҥҥи Кириэс Халдьаайыга, уруккута III Байаҕантайга учууталынан ананан улэлээбит.
Слайд 11Улахан убайа Роман Иванович нэһилиэгин туһугар элбэзи үлэлээбит киһинэн биллэр.
Ини бии
Софроновтар үһүөн айа - тута улэ үөһүгэр сылдьан күн сириттэн эрдэ барар дьылзаламмыттара...
Слайд 12Били - көруу сомсо киэҥ сиргэ барар.
1907-1908 сыллаахха Анемподист Софронов «Якутский
Край» хаһыакка типографияза наборщигынан улэлээбитэ.
Куоракка туохтааҕар да ордук кини кулуупка, театрга сылдьарын сөбүлүүрэ, олохтоох полит-сыылынайдар туруорар спеклаклларын көтүппэт этэ.
Слайд 13«Якутский край» хаһыат үлэһиттэрэ
Биииргэ үлэлиир үлэһиттэрин кытта. Манна А.И.Софронов ортоку олорор.
Слайд 14
Кирилл Давыдов дьиэ кэргэнин кытта.Бааллар кэргэнэ Мария Ивановна ,кыыһа Варвара,
күтүөтэ Терентий,сиэнэ Вася уонна Алампа
Үлэтэ суох Алампа 1909 сыллаахха олунньуга Дьокуускайга олорор эрээри, Лена төрдүгэр балыксыттары тутан эргинэр саха баайыгар Кирилл Спиридоновичка үлэлээбитэ.
Слайд 15Архыып докумуонуттан
Ити курдук 12 сыл - 1921 сыллаахха диэри - саха
атыыһытыгар, үөрэҕэ суох баай киһиэхэ К.С. Давыдовка суруксуттаабыта.
Слайд 16Үлэни таһынан быыс булан
1906 сылтан Якутскай кулууптарыгар саха олоҥхолорун спектакллар турбуттара.
Холобур: "Бэрт киһи Бэриэт Бэргэн", "Кулун Кугас аттаах Кулантай бухатыыр", ити пьесалары туруорууга политсыылынайдар көмөлөспүттэрэ.
1909 сыллаахха Дьокуускайга нуучча улуу суруйааччытын Н.В.Гоголь "Кэргэннэнии" ("Женитьба") диэн комедията сахалыы туруоруллубута, бу пьесаҕа кэлин саха аатырар суруйааччылара буолбут Алексей Кулаковскай, Анемподист Софронов сүрүн оруоллары толорбуттара
Слайд 17Ыччат сахаларга
Саргылардаах сахаларбыт,
Салааһыннаах саҥаларын,
Саналыыра тойугунан,
Салайан саҥаран иһиэҕиҥ!
Ийэттэн-азаттан айыллыбыт,
Элэ-была тыллары,
Ирдээн тордоон тураммыт
Этэн
саҥаран иһиэҕиҥ!
Слайд 18Бастакы билсиһии
Евдокия Константиновна Яковлева
Театры таптаан, Анемподист Иванович сахалыы пьесалары туруорсар кэмигэр,
Намтан куоракка киирэн, ыалга эстэрээпэлиир кыыһы - Евдокия Яковлеваны кытта доҕордоспута, кини оччоҕо талааннаах эдэр актриса этэ.
Слайд 19Евдокия Константиновна иитиллибит дьоно Калинкиннар
Слайд 20Тапталы үҥэр таҥара оҥостон
Евдокия Константиновна, кырдьан олорон, маннык ахтан кэпсиирэ:
"Дьэ
туран оонньоо. Үөрэҕэ суох кыысчаан маҥнай сатаабакка муҥ бөҕө. Ол эрээри син ханнык эмэтик да буоллар, толорбутум быһыылаах. Онно суфлерунан хара бараан, көрсүө баҕайы Софронов диэн уол баара...
Ол уол туран мин оруолбун толорорбор маҥнайгыттан көмөлөһөөччү буолла. Эмиэ да дьиэбэр тиэрдэн биэрээччи буолла. Дьэ ол курдук Алампаны кытары билсиһэн барбыппыт...
* *
Уруҥ туллук өрө мөлбөстуур
Маҥан туллук өрө далластыыр
Ыраастыыра эрэ бөлтөрдүүр
Дозойумалыыр эрэ дозоруом!
Ылбазайдыыр эрэ чыычаазыам
Туллуктуур эрэдозоруом!
Туохха базас эрэ туора көрөн
Туоххаһыйар эрэ буоллун дуу.
Дьуунньатынаан 1913 сыл
Слайд 22Дозотторо
Бырааттыы Григорий ,Терений Слепцовтар.
Слайд 25Хаһан эрэ кинилэр олус да дьоллоох этилэр...
К.Д.Спиридонов Алампаза Бэлэхтээбит дьиэтэ
Слайд 26Бастакы айымнньыларын суруйан барбыта
Бастакы суруйууларын бэчээттиир кэмнэригэр А.И.Софронов псевдонима:
аттат Ноуруппос,Озо
Тулаайах,Кыайыгыйап,Куорат сахата, диэн бастаан сурукка киирэ сылдьыбыттара.
Слайд 27Кыларыйан турар кырдьык буолуохтаах…
Суруйааччы бастакы кэпсээннэрин нууччалыы суруйбута.
«Что- нибудь махонькое, «Остроумный
якут», «Бред пред смертью человека» уо.да.а. 1911 сылтан суруйан сазалаабыта.
«Кэпсээн»1912с.
«Селукуун кэпсээнэ»1913с.
«Албыннаппыт»,
«Ордугу булаары олозун алдьаппыт» 1924с.
«Барда»1926с.
«Дьуьун кубулуйумтуо»,
«Уйбааннаах Маайыстара»1926с,
«Куораччыт»
«Баччаза тиийиэххэ»,
«Озонньор кэпсээнэ»
«Сотору даа кестер сордообут»курдук саха литературатын классиката буолбут айымнньылары суруйбута.
Слайд 28Драмалара
бастакы драмаларын 1914 сыллаахха Дьаданы Дьаакыбы суруйбута.Тута илиинэн суруллаат киэнник
тарзанан барбыта.бэйэтэ литературнай-общественнай олозор драматург,Театральнай дьыаланы тэрийээччи,национальнай театры теруттээччи,теоретик быьыытынан кыттыбыта.
Слайд 29Ыстатыйалар,очеркалар…
Агитационнай –публицистическай хабааннаах элбэх ыстатыйалары суруйбута. «Саха омук» общество иьинэн агитсекция
иьинэн А.Кулаковскайы кытта ынырыы сурук тарзаталлара.
А.И.Софронов «Саха санаата» хаьыаты тэрийэн таьаарбыта.
Слайд 30Дьон олозун аймаабыт репрессия
Теьелеех элбэх сайдыах,уунуех дьон сымыйаза балыллан елбутэ суппутэ
буолуой?
Россия урдунэн контрреволюционнай буруйга элбэх киьи буруйданан хаайыллыбыта. Саха сиригэр репрессия массабайдык устэ ыытылла сылдьыбыт:
1927-1930 с.с «Ксенофонтовщиназа» буруйданан;
1937-1939 с.с «националистар»,
1950- 1952 с.с. «Г.Башарин» дьыалатынан.
Ол курдук «Ксенофонтовщина» дьыалатынан ер сыллар тухары саха чулуу дьонун массабайдык кыдыйбыттара.
1928 сыл алтынньы 29 кунугэр 28 киьини сууттаабыттар,мантан 25-ьэ Соловецкэй концлагерга ууруллубуттар. Кинилэр истэригэр А.И.Софронов баара.
1933сыл
Слайд 31Барыта наар аанньа
Словецкайтан ходатайствотын иккистээн кереннер Архангельскайга 5 сылга кеске ыытыллар.
Сымыйа
балыырга тубэьэн,онорботох буруйугар эриллэн сытар кэмигэр барыта наар аанньа диэбиккэ дылы…
Кэргэнэ Алампаны быразан атын киьиэхэ ойох барбыта эбии сугэьэр буолар. «Туох иннигэр маннык баьаам батталга барбытым буолуой?»- диэн Алампа бэйэтиттэн ыйытара. Ол эрэн кини хаьан да Сэбиэскэй былааска естуйбэтэзэ,хом санаабатаза.
Поэт А.И.Софронов ссылкаттан этэннэ эргиллэн кэлэн баран салгыы айар улэтин суруйарын тохтоппот.
Слайд 32Кыаза тиийэринэн элбэзи ситиспитэ…
Слайд 331928 с.с. 70 хоьоонун саха сиринээзи кинигэ издательствотыгар ыыппыт. Уонна хоьоонун
хомурунньугун бэчээттииллэригэр кердеспут.
Оччотоозу кэмнэ политическай буруйдаах айымнньыларын бэчээттээбэтэхтэр.
Кэлин 1933 сыл от ыйыгар дойдутугар эргиллэн айымнньыларын суруйан салгыыр.
Суруйааччылар союзтарыгар киирээри гыммытын,нэьиилэ кандидатынан эрэ ыларга кенуллууллэр.
1935 сыл Алтынньы 24 кунугэр ссылкаттан этэннэ еэргиллэн кэлэн баран доруобуйата айгыраан лер.
Слайд 35Уунэр келуенэ театра А.И.Софронов айымнньыларын саналыы тыынныыллар.
Слайд 36А.И.Софронов олозун айар улэтин ырытыылар:
Слайд 37Алаас ааттаах дойду сурахтаах.
Дорообо, дойдум! тозотун тоҥоомо,
Туоһулуу сураама,
Туората көрүмэ!...
Аҥы халлаан
Анныттан
айаннаан,
Сылайан сындалыйан
Ахта аймаһыйан
Эйиэхэ эргиллэн кэллим...
Слайд 38Алампаза анабыл хоьоонунан тумук.
Кырдьык үрдүгэр сымыйа- ыттыбат!
Алампа олоххо күүстээх – Базата,
Кини
төрөөбүт дойдуга – Таптала,
Кини таптыыр дьахтарга Сүгүрүйүүтэ,
Алампа кырдьыга
Алампа көҥүлэ-
Бүгүн да биһигини кытта...
(М.А.Попова)