Слайд 1Местников Афанасий Дмитириевич (1915-1993)
Ачча1ар нэ4илиэгэр т3р33б5т. Чурапчы сэттэ кылаастаах оскуолатын б5тэрэн
баран, сэрии иннинэ Болто2о, Мэлдьэхси оскуолаларыгар учууталынан, сэбиэдиссэйинэн 5лэлээбитэ. 1942 с. Армия1а ы2ырыллыбыта, Перьм куоракка 3 ыйдаах радист 53рэ1эр 53рэммитэ. 1943 с. кы4ын Старай Русса уонна Ильмень к53л та4ыгар 20-с хайы4ар биригээдэтигэр т5бэ4эн улахан кырыктаах сэриигэ кыттыбыт. №тт5гэр таптаран госпитальга эмтэнэн иккистээн сэриигэ киирбит уонна т3б3т5гэр, илиитигэр таптаран 1944 с. баа4ырыытынан босхолонон дойдутугар эргиллибитэ. 1944 с. Мырыла1а а4ыллыбыт детдом2а директорынан, салгыы Хатылыга оскуола1а сэбиэдиссэйинэн 5лэлээбитэ. 1947 с. партия райкомунан инструкторынан, 1953 – 1958 сс. Мырыла1а «Молотов» аатынан колхоз бэрэссэдээтэлинэн, 1958-1961 сс. Субуруусскай аатынан колхоз солбуйар бэрэссэдээтэлинэн 5лэлээбитэ. 1961-1970 сс. Хатылы, Чурапчы нэ4илиэктэрин сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлинэн 5лэлээн пенсия1а тахсыбыта. А1а дойду I степеннээх уордьанынан, «Хорсунун и4ин», «Германияны Кыайыы и4ин» уо.д.а. сэрии, 5лэ мэтээллэрдээх. 8 о1отуттан билигин 6 о1ото баар, элбэх сиэннээх, хос сиэннээх.
Слайд 2Местников Семен Сильвестрович
(1915-1946)
Ачча1ар нэ4илиэгэр т3р33б5т. Учууталлыы олорон сэриигэ барбыта уонна 1945
с. эргиллэн кэлбитэ. 1946 с. ыалдьан 3лб5тэ. Кытаанахха у2уох тутуллубута.
Слайд 3Шадрин Спиридон Иванович (1919-1943)
Ачча1ар нэ4илиэгэр т3р33б5т. Чурапчы педучилищетыгар 53рэнэ сылдьан 1942
с. кулун тутарга сэриигэ барбыта. Гвардия младшай лейтенант званиялаах взвод хамандыыра этэ. 1943 с. алтынньы ый 2 к5н5гэр сэриилэ4э сылдьан 3лб5тэ. Украинскай ССР Днепропетровскай уобала4ын Мишурин Рог диэн дэриэбинэтигэр к3м5лл5б5тэ.
Слайд 4Попов Федор Петрович
(1917-1943)
Ачча1ар (били22итэ Сылан) нэ4илиэгэр т3р33б5тэ. Эрдэ тулаайах хааланнар быраата
Семен, балта Евдокия убайдарыгар иитиллибиттэр, сэттис кылаа4ы Кытаанахха б5тэрэн баран, педрабфагы Якутскайга б5тэрбитэ. Хайахсыт оскуолатыгар учууталлыы сылдьан 1942 с. бэс ыйыгар Кы4ыл Армия кэккэтигэр ы2ырыллыбыта уонна 89497 полевой почталаах чааска сулууспалаабыта. 1943 с. бэс ыйын 24 к5н5гэр Калининскай уобалас Осташково куоратын госпиталыгар ыалдьан 3лб5тэ.
Слайд 5Башарин Виктор Ильич
(1921-1984)
Кытаанах нэһилиэгэр төрөөбутэ. Сэрии иннинэ Аччаҕар нэһилиэгин Советын
сэкэрэтээринэн, начаалынай оскуола учууталынан, сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1942 c. атырдьах ыйыттан 1944 с. ыам ыйыгар диэри Белорусскай фронт 24-с зенитнай-артиллерийскай полкатыгар сылдьан сэриилэспитэ. Ыараханнык контузияланан дойдутугар эргиллибитэ. Сэрииттэн кэлэн баран Чурапчы педучилищетын бүтэрбитэ. Уонна 33 сыл устата эҥкилэ суох үүнэр көлүөнэни үөрэппитэ-ииппитэ, норуот учууталын аатын үтүө аатын үрдүк эппиэтинэһин чиэстээхтик толорбута.
Слайд 6Башарин Михаил Захарович
(1924-1945)
Ачча1ар нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1940-1941 сс. үөрэх дьылыгар Сылан
оскуолатыгар учууталынан үлэлээбитэ. 1942 с. олунньу ый 29 күнүгэр Армияҕа ыҥырыллыбыта. 58-c танканы утарар штурмовой артиллерийскай полкаҕа сэриилэһэ сылдьан «Кыһыл Сулус» уордьанынан уонна икки төгүл «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Хорсун-хоодуот сэрииһит, младшай сержант Михаил Захарович 1945 с. тохсунньу ый 28 күнүгэр Илиҥҥи Пруссия Кенигсбергскай провинциятыгар Хориндорф дэриэбинэтигэр иһин кыргыһыыга өлбүтэ.
Слайд 7Попов Гаврил Иванович
(1920 c.)
Ачча1ар нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1938 c. педучилищены бүтэрбитэ. Балаҕан
ыйын 29 күнүгэр фроҥҥа ыҥырыллыбыта. 225-c туспа зенитнэй дивизиоҥҥа сылдьан сапер быһыытынан хорсуннук сэриилэспитэ. Икки «Кыһыл Сулус» уонна «Аҕа дойду сэриитин» II степеннээх уордьаннарынан, «Хорсунун иһин», «Берлини ылыы иһин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. 1945 c. сержант Попов дойдутугар эргиллибитэ. Кэлэн Кытаанахха, Дириҥҥэ өр кэмҥэ учууталлаабыта, завучтаабыта, Хатас оскуолатыгар директорынан үлэлээбитэ.
Слайд 8Попов Ефрем Прокопьевич
(1921-1979)
Ачча1ар нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии иннинэ учууталынан үлэлээбитэ. Кулун тутар
16 күнүгэр Аҕа дойдуну көмүскүү аттаммыта. ТЦ34 танкаҕа ытааччы-механик уонна артиллерист-минометчик быһыытынан сылдьыбыта. Бэйэтин үчүгэйдик көрдөрөн артиллерийскай разведкаҕа отделение командирынан анаммыта, старшай сержант званиеламмыта. Хотугу Кавкаһы босхолоспута, Курскай тоҕой сэриитигэр кыттыбыта, Днепри туораабыта. Ыараханнык контузияламмыта, уһуннук өйүн сүтэрбитэ. Ыам ыйын 3 күнүгэр эргиллибитэ. Усуйаана оройуонугар, Чурапчы базовай оскуолатыгар, интернат-оскуола, Одьулуун, Кытаанах оскуолаларыгар директорынан, завуһунан үлэлээбитэ. Ефрем Прокопьевич «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Кавказ обороната», «Венаны ылыы иһин», «Германияны Кыайыы иһин» мэтээллэрдээх.
Слайд 9Местников Роман Иннокентьевич (1907-1987)
Ачча1ар нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Москваҕа В.И. Ленин аатынан пединституту
бүтэрбитэ. 1940 c. Саха АССР Совнаркомун иһинэн үлэлиир тыл, культура институтун директорынан анаммыта. Аҕа дойду сэриитигэр 177-с стр. дивизия 502-с стр. полкатыгар младшай лейтенант званиелаах сылдьан сэриилэспитэ. «Аҕа дойду сэриитин» I степеннээх уордьанынан, «Хорсунун иһин», «Ленинград оборонатын иһин», «Германияны кыайыы иһин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Ону тэҥэ Роман Иннокентьевич СГУ историяҕа кафедратын старшай преподавателэ, Саха АССР үтүөлээх учуутала, ССРС үрдүк үөрэҕин туйгуна, «Бочуот знага» уордьаннаах.
Слайд 10Ачча1ар нэ4илиэгин историята
Боотуруускай улуус 3-с Хатылы нэ4илиэгэ 1927 сыллаахха Ачча1ар нэ4илиэгэ
диэн буолбута. Былыр Хатырык Ба1арыынньа са1ана Т3л3йд3р Чурапчы ар1аа 3рт5н “Т325ргэстээ1и” Ачча1арга хаалларан туран билигин куораттыыр айан суолун хоту 3рт5нэн, “К3м3рд33х” Чара2ын ар1аа 3рт5нэн, Т3л3й, Ачча1ар К5бээйилэринэн, Сэлэ Хаппытыан арахсан тураллар. Оччотоо1у Ачча1ар сиригэр киирэллэрэ: Аэропорт территорията, Аттакы дэриэбинэтэ, били22и интернат-оскуола, Мурун-Тыымпыйа, Ньидьили, Дьаарылла, Чуодугу, Дьабыйа, Т53йэ 5рэ1инэн тайаан сыппыта. 3-с Хатылы улууска биир биллэр киэн сирдээх-уоттаах нэ4илиэк этэ.
Слайд 11Чурапчы орто оскуолата
Ачча1ар нэ4илиэгин буойун учууталлара
Слайд 12Старостина Анастасия Тихоновна – II (1923-2007)
Анастасия Тихоновна Ачча1ар нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сайын
1940 с. Ленинград куоракка театральнай институкка 53рэнэ барбыт. Онно Ленинград блокадатыгар кыттыбыт. 1942 с. дойдутугар институту б5тэрэн кэлбитэ. Сылан, Ала1ар оскуолаларыгар уонна пенсия1а тахсыар диэри интернат- оскуола1а нуучча тылын учууталынан 5лэлээбитэ. Кыы4а Дьокуускайга олорор.