Слайд 1Баhылай Манчаары – саха национальнай геройа
Слайд 2Манчаары Баhылай
Баһылай Манчаары - саха национальнай геройа, саха литературатын бастакы айымньыларын
сүрүн геройа, норуокка киэңник биллибит олоңхоһут, тойуксут
Манчаары 1805 с. бэс ыйыгар Мэңэ-Хаңалас улууһун Нөөрүктээйи нэһилиэгин Лэкэ а5атын ууһугар Быттааны Сүөдэр иккис кэргэниттэн төрөөбүтэ. 9 саастаа5ар а5ата өлбүтүн кэннэ кини ийэтинээн дьадаңы олох кыһал5атын, Чоочо баай батталын-ата5астабылын, бардам быһыытын барытын билэн улааппыта.
Слайд 4Манчаары о5о эрдэ5иттэн таптаабыт ытык бэһэ
Слайд 5 Манчаары баайдары утары туруута аба5атынан
аатырар Чоочоттон са5аламмыта. Манчаары 9 саастаа5ар а5ата өлөн тулаайах хаалбыттарыгар, Чоочо көрсөрүн-харайсарын оннугар, ону-маны көрдөөтөхтөрүнэ, үө5эн-мө5өн, дьиэтиттэн үүрэн таһаартыыра.
Слайд 6Манчаары Чоочо баайтан от көрдүү кэлэ сылдьар
Слайд 7 Манчаары баайдары икки бөлөххө араарара.
Бастакылара: бардам-дохсун, батталлаах баайдар. Иккистэрэ: олус баттыгаһа суох, дьоңңо-норуокка киһилии со5ус сыһыаннаһар баайдар.
Манчаары Баһылай XIX үйэ 30-с, ордук күүскэ 1833 с., баайдаары утары сэптээх-сэбиргэллээх өрө турбута, бардам баайдарга
18 төгүл түспүтэ.
Слайд 8 Манчаары - норуот интэриэһин көмүскээччи диэн
өй-санаа дьоңңо баара, ол иһин Манчаарыны былаастартан саһыарара, ханна баарын билэ-билэ кистиирэ чахчы көстөр. Ити суол норуот сэһэннэригэр чуолкайдык этиллэр.
Слайд 9 Бу кэмҥэ баайдар соҕотохто муңур тойон буолан олобуттара. Бэйэлэрин сирдэригэр, кимтэн
да хонтуруола суох, таптаабыттарынан дьаһайар кыахтаммыттара. Ол түмүгэр Додор кулуба, Уот Ыстаарыһын курдук суостаах-суодаллаах, таһыырдаах, этэргэ дылы, суруктарыгар сокуоннаах тойоттор баар буолбуттара. Хаңалас улууһугар кинилэргэ дьүөрэлээх биир тойонунан Чоочо кулуба буолара.
Слайд 10Уордаах кулуба Уот Ыстаарыһын
Былыр Амма оройуонугар Бүүтээн Уйбаан со5отох маанылаах о5ото
Киргиэлэй Ыстаарыһын бэрт дохсун, суостаах киһи буолан үөскээбит. Кини нэһилиэгэр кинээс, улууһугар кулуба, Саха Дууматыгар сэтээтэл буола сылдьыбыт.
Араас урууга, ыһыахха тэппи көрбүт киһитин таһыйтаран иһэр эбит. Кини соруда5ын истибэтэх, толорботох киһини эмиэ таһыйтарара эбитэ үһү. Оттон кырдьыксыт, мөккүһэр дьону туох баардарын дэлби таһыйтаран накаастыыр эбит. Холобур, төбөтүн ытарчанан ыга туттарар, мооньугар о5ус курдук холуокка кэтэрдэр, ата5ар – ада5а. Муустаах булууска быра5ар, киһини ата5ыттан таңнары ыйаан баран буруонан ыһаартарар, итии күлгэ олордор, оруоска бэрдэрэр, хаһыңнаах түүн маска кэлгийэн таһырдьа хоннорор эбитэ үһү.
Ааһан иһэр үөр сүөһүгэ үчүгэй дьүһүннээ5и көрдө5үнэ, сүөһү тириитин сүллэрэн, ата5ын быстаран баран, таһыйтара-таһыйтара алааһы биир гына сүүрдэрэ үһү.
Уот Ыстаарыһын ити курдук со5отохто аатыран олорбут.
Слайд 11Көппүөс о5онньор Түөтээни алааска туттарбыт чуол5аннаах ампаара
Иван Пономарев оңотторбут чуол5аннаах ампаара
Слайд 12
Манчаары оло5ун улахан аңарын хаайыыга, хаатырга5а атаарбыта. Ордук
уһун кэмңэ кини Дьокуускай остуруогар хаайыллан сыппыта. Аан бастаан 1820 с. Чоочо баай тыллаан тутуллубут. Иккиһин, эмиэ Чоочо баай хатыһыытынан, түбэһэн остуруокка хаайыллар, онтон куотар…
Алтыс төгүлүн Холгума нэһилиэгиттэн тутуллан, 1847 сыллаахха атырдьах ыйыгар суутунан 10 сылга тимир сыабынан истиэнэ5э хара5алаан хаайыыга уураахтанар.
1859 сыллаахха Манчаары 54 сааһыгар хаайыыттан дьэ тахсар. Барыта быһа холоон эттэххэ, 31 сыл Дьокуускай хаайыытыгар уонна хаатырга5а сылдьыбыт. Биэс төгүл оруосканан, соро5ор отуттуута, соро5ор биэс уоннуута охсуунан таһыллыбыт. Ити кэнниттэн кинини Ньурба улууһугар Малдьа5ар нэһилиэгэр көскө баран өлүөр диэри олорбут.
Манчаары Баһылай 1870 сыл сэтинньи 6 күнүгэр өлбүт.
Слайд 13Манчаары Баhылай
Г.В.Либединская киһи төбөтүн уңуо5унан тыыннаах эрдэ5инээ5и мөссүөнүн чөлүгэр түһэрэр скульптор.
Биллэрин курдук, Манчаары уңуо5ун 1945 сыллаахха историческай наука кандидата Ольга Всеволодовна Ионова хастара сылдьыбыта. Ону кэлин 1971 сыллаахха историческай наука кандидата Иван Васильевич Константинов хос хаһан Манчаары төбөтүн уңуо5ун ылан, Москва5а илдьэн, Манчаары Баһылай мөссүөнүн чөлүгэр түһэрэргэ көрдөспүт. Ону Либединская ылынан, Манчаары мөссүөнүн чөлүгэр түһэрэн оңорбута. Ол билигин кыраайы үөрэтэр музейга турар.
Слайд 14Туһаныллыбыт литература:
1. История Якутской ААСР. - т. I. - М., 1955
2. История
Якутской АССР. - т.II . - М., 1957
3. Манчаары норуот номо5ор. - Дьокуускай, 1972
4. Ионова О.В. Манчаары Баһылай. - Дьокуускай, 1946
5. Сафронов. Ф.Г. Василий Манчаары. - Якутск, 1991
6. Манчаары Баһылай - саха национальнай геройа. -Дьокуускай, 2006
7. Башарин Г.П. История аграрных отношений в Якутии (60-е годы XVIII - середина ХIХ в.). - М., 1956
8. Саха саарыннара. Дьокуускай, 1998
9. Серошевский В. Якуты: опыт этнографического исследования. СПб., 1896