Презентация, доклад на тему А. С. Бродников 100 сааһа. Презентация

”…Алааһым тулатаАйылгы туонатаАйгырыы, айгыста күлбүтэ,Сиккиэрим кыната,Сирилэс ырыатаСитэн мин сүрэхпэр киирбитэ …Алексей Спиридонович Бродников -Төлөйтөн төрүттээх лирик - поэт, прозаик, публицист, фронтовик, «Албан аат» уонна Ађа дойду Улуу сэриитин I степеннээх орденнарын кавалера, ССРС суруйааччыларын Союһунн чилиэнэ,

Слайд 1100 сыла
1917 сыл олунньу 26 күнэ
2017 сыл олунньу 26 күнэ


Алаас поэта Алексей Бродников

100 сыла1917 сыл олунньу 26 күнэ 2017 сыл олунньу 26 күнэ Алаас поэта Алексей Бродников

Слайд 2”…Алааһым тулата
Айылгы туоната
Айгырыы, айгыста күлбүтэ,
Сиккиэрим кыната,
Сирилэс ырыата
Ситэн мин сүрэхпэр киирбитэ …
Алексей

Спиридонович Бродников -
Төлөйтөн төрүттээх лирик - поэт, прозаик, публицист, фронтовик,
«Албан аат» уонна Ађа дойду Улуу сэриитин I степеннээх орденнарын кавалера, ССРС суруйааччыларын Союһунн чилиэнэ, Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Эрилик Эристиин аатынан бириэмийэ лауреата, Чурапчы улууhун, Төлөй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоођо.
”…Алааһым тулатаАйылгы туонатаАйгырыы, айгыста күлбүтэ,Сиккиэрим кыната,Сирилэс ырыатаСитэн мин сүрэхпэр киирбитэ …Алексей Спиридонович Бродников -Төлөйтөн төрүттээх лирик -

Слайд 3Сыанабыла биллибэт
Сырдык тыыҥҥар улааттым,
Таҥараҕа тэҥнэммэт,
Таалай күөххүн таптаатым.

А.С.Бродников дьиэ кэргэнэ
Алексей Бродников

1917 с. олунньу 26 күнүгэр Чурапчы оройуонун Төлөй нэhилиэгэр Дьуодьалы диэн алааска дьадаңы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ.

Ийэлии дьол тыыннаах
Илгэлээх алааhым,
От күөҕэ, мүөт сыттаах,
Оо, бэрдин, сылааhын…

Ађата
Спиридон Федорович

Ийэтэ
Прасковья Федоровна

Бииргэ төрөөбүт үhүөлэр:Николай,
Алексей уонна Евдокия.

Сыанабыла биллибэтСырдык тыыҥҥар улааттым,Таҥараҕа тэҥнэммэт,Таалай күөххүн таптаатым.А.С.Бродников дьиэ кэргэнэ Алексей Бродников 1917 с. олунньу 26 күнүгэр Чурапчы

Слайд 4Алексей Бродников - айылҕа мааны оҕото. Айылҕаны таптыыра, айылҕаттан күүс-уох ылара,

айылҕаны харыстыыра. «Куорат барахсаҥҥа хаайылынным, тууйулуннум. Чурапчыга эбитим буоллар, ааммын астым да айылҕабар тахсабын. Эбэм барахсан сайаҕас салгынынан ыраастык, дириҥник тыынабын, иэдэстэрбин имэрийэ сотон ааhара бу үчүгэйин. Эбэм маҥан хаарынан сабыллыбыт мэндээркэй иэнэ… Төhөлөөх кэрэтин эhиги өйдөөбөккүт буолуо…», диэбитин Иннокентий Сосин ахтар.
Ол курдук, А.С.Бродников поэзиятыгар өрө көтөҕүллүүлээх саха алааһын, төрөөбүт дойдутун хоһуйбут хоһооно үгүс. Алексей Бродников бултуурун, айылҕалыын алтыһарын олус сөбүлүүрэ. Ол иһин төрөөбүт дойдутун айылҕатын, Чурапчытын күөх сирэм чараҥын истиҥник туойар, кини кэрэ айылҕатын уустаан-ураннаан суруйар лирик-поэт буолара көстөр.

Айылҕа абылаҥа

Алексей Бродников - айылҕа мааны оҕото. Айылҕаны таптыыра, айылҕаттан күүс-уох ылара, айылҕаны харыстыыра. «Куорат барахсаҥҥа хаайылынным, тууйулуннум.

Слайд 51946 с. ЧПУ, Базовай оскуолата
“А.С.Бродников - Учуутал”
1934сс. Чурапчытааҕы колхозтаах ыччат оскуолатын

(ШКМ) бүтэрбитэ.
1934с. Төлөй оскуолатыгар учууталынан анаммыта.
1937с. Төлөй оскуолатыгар үөрэх чааһын сэбиэдиссэйэ.
1939-1942cc. Чурапчытааҕы педагогическай училищаҕа үөрэммитэ.

1946с. Чурапчытааҕы педучилище Базовай оскуолатыгар военрук учууталынан анаммыта.
1946с. хоһоонноро хаһыаттарга, сурунаалларга бэчээттэнэллэр.
1948c. Чурапчы Соловьевтааҕы алын сүһүөх оскуолатыгар саха тылын уонна
литературатын учууталынан үлэлээбитэ.
1949-1952сс. Дириҥнээҕи детдомҥа үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.

1946 с. ЧПУ, Базовай оскуолата“А.С.Бродников - Учуутал”1934сс. Чурапчытааҕы колхозтаах ыччат оскуолатын (ШКМ) бүтэрбитэ.1934с. Төлөй оскуолатыгар учууталынан анаммыта.1937с.

Слайд 6А.Бродников ырыа куттаах суруйааччы буолара үгүс хоһоонугар көстөр. Ол курдук, ”Күөрэгэйдэр

ыллыыллар”, “Таптыыр эбээт сүрэҕим”,”Тааттаҕа”, ”Харыйа”, “Татыйаана”, “Саҥа уоттар”, “Саҥа хаар”, “Үчүгэйиэн алааспар”,”Интернатчиктар марштара”,”Күнү таптыыбын” уонна да атын норуот таптаан ыллыыр ырыалара айыллыбыттара, билигин уостан түспэт ырыа буолан ыллана сылдьаллар.

“Ырыа бааргын”

Илин халлаан
Имин суунан,
Итии салгын түспүтэ.
Күөх от хамсаан,
Көмүс уунан
Күлүмүрдүү турбута....

А.Бродников ырыа куттаах суруйааччы буолара үгүс хоһоонугар көстөр. Ол курдук, ”Күөрэгэйдэр ыллыыллар”, “Таптыыр эбээт сүрэҕим”,”Тааттаҕа”, ”Харыйа”, “Татыйаана”,

Слайд 7 “Алексей Бродников – буойун суруйааччы»
Алексей Бродников 1942с. С.А. Новгородов

аатынан Чурапчытаађы педагогическай училищены бүтэрэн, Дьокуускай куоракка учительскай институкка үөрэнэ киирээт, 1942 с. бэс ыйын 20 күнүгэр Аҕа дойду сэриитигэр фроҥҥа ыҥырыллыбыта. Ураллаађы байыаннай уокураккка сулууспатын сађалаабыта уонна 20-с туспа хайыhар биригээдэтигэр снайперынан анаммыта. Алексей Спиридонович бастакы бойобуой сүрэхтэниитин Ильмень күөлгэ ааспыта. Старай Русса, Холм, Смоленск куораттары ылыы иhин кыргыhыыгар кыттыбыта. Кулун тутар 16 кунугэр Лобать өрүhү туорааhын кэмигэр уңа атађар бааhырбыта. Госпитальга сытан “Бааһырыы” диэн хоһоонун суруйбута.

Бааһырдым, доҕоруом.
Бадаҕа улахан,
Ыраахтан соһуйуоҥ,
Ынчыгым ыарахан.

Буойун-суруйааччылары кытта көрсүһүү

Москубаҕа Кыһыл болуоссакка

На встрече с однополчанами 1- й Ударной армии, 9 стрелкового полка

“Алексей Бродников – буойун суруйааччы» Алексей Бродников 1942с. С.А. Новгородов аатынан Чурапчытаађы педагогическай училищены бүтэрэн, Дьокуускай

Слайд 81951с. ЧПУ кэнниттэн Дириҥнээҕи детдомҥа пионер баһаатайынан анаммыт Мария Харлампьевна Луковцевалыын

холбоһон, ыал буолбуттара.

Саргылаана Алексеевна Бродникова аҕатыныын

1951с. ЧПУ кэнниттэн Дириҥнээҕи детдомҥа пионер баһаатайынан анаммыт Мария Харлампьевна Луковцевалыын холбоһон, ыал буолбуттара. Саргылаана Алексеевна Бродникова

Слайд 9Суруйааччы литературнай нэһилиэстибэтэ:
1959с. “Күөх чараҥҥа” диэн бастакы хоһооннорун хомуурунньуга тахсыбыта.
1962с. “Кулун

туйаҕа” хоһооннорун хомуурунньуга бэчээттэммитэ.
1963с. “Сиккиэр ” диэн кинигэтэ тахсыбыта.
1966с. “Хочо хоһооно ” бэчээккэ тахсыбыта.
1967с. “ Этигэн хомус” ырыа-хоһоон кинигэтэ тахсыбыта.
1977с. “Хоһооннор ” талыллыбыт айымньыларын хомуурунньуга бэчээттэммитэ.
1981с. “Куорсуннаах оноҕос” оҕолорго аналлаах хоһооннорун хомуруунньуга тахсыбыта.
1984с. “Кыырайа көт, кынаттаах атым ” орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар аналлаах хоһооннорун кинигэтэ тахсыбыта.
1987с. “Айылгы туонабар” хоһооннор, поэмалар хомуурунньуктара кинигэнэн бэчээттэммитэ.
1993с “Көмүскэ уута ”, “ Арыллыбыт аартык” диэн романнара, өр сыллаах улахан айымньылара, утуу-субуу бэчээттэммиттэрэ
1997с “ Үчүгэйиэн дойду сирэ! ” диэн кинигэтин С.А.Попов- Сэмэн Тумат хомуйан таһааттарбыта. Ол иһигэр “Олоҥхо сирин хотойо” диэн Г.И.Протодъяконов саха биллиилээх снайперын туһунан документальнай сэһэнэ, очеркалара, хоһоонноро киирбиттэрэ.
Суруйааччы литературнай нэһилиэстибэтэ:1959с. “Күөх чараҥҥа” диэн бастакы хоһооннорун хомуурунньуга тахсыбыта.1962с. “Кулун туйаҕа” хоһооннорун хомуурунньуга бэчээттэммитэ.1963с. “Сиккиэр ”

Слайд 10 1965с. ССРС суруйааччыларын Союһун чилиэнэ. Кини саха биллиилээх суруйааччыларын Амма

Аччыгыйы, Күннүк Уурастыырабы, Семен, Софрон Даниловтары, Савва Тарасовы, Даланы, Иннокентий Артамоновы, Дьуоҥ Дьаҥылыны уо.д.а. истиҥник доҕордоспута. Саха народнай поэта Семен Петрович Данилов сырдык кэриэһигэр анаан “Кэриэс” диэн хоһоону анаабыта.
Алексей Бродников аймаҕа, табаарыһа “Дьуон Дьаҥылыга, ССРС үтүөлээх тренеригэр Дмитрий Петрович Коркиҥҥа уо.д.а. биллиилээх дьоҥҥо анабыл хоһооннору суруйбута.

“Анабыл хоһооннор”

1965с. ССРС суруйааччыларын Союһун чилиэнэ. Кини саха биллиилээх суруйааччыларын Амма Аччыгыйы, Күннүк Уурастыырабы, Семен, Софрон Даниловтары,

Слайд 11Алексей Спиридонович Бродников
(1917-1998 сс.)
Аҕа дойду Улуу сэриитин Арҕааҥҥы фронун кыттыылааҕа, “Албан

аат” 3-с степеннээх, “Аҕа дойду Улуу сэриитэ” 1-кы степеннээх орденнар, бойобуой уонна бэлиэ мэтээллэр кавалердара,
ССРС, РСФСР суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, поэт, прозаик, публицист, Эрилик Эристиин аатынан бириэмийэ лауреата, САССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Чурапчы оройуонун Бочуоттаах олохтооҕо.

1985с. Чурапчы оройуонуттан Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын бөлөхтөрүн салайсан Брест-Минск-Москва бойобуой фронт суолларынан баран кэлбиттэрэ
1986 c. – Саха литературатыгар Эрилик Эристиин аатынан лауреат буолбута.
1987с. олунньу 17 күнүгэр Чурапчы оройуонун Бочуоттаах олохтооҕо аат бэриллибитэ.
1987с. “Айылгы туонабар” хоһооннор, поэмалар хомуурунньуктара кинигэнэн бэчээттэммитэ.
1987с. Чита уобалаһыгар “Забайкальская осень” диэн РСФСР суруйааччыларын сойууһун тэрийиитинэн саха литературатын күннэригэр суруйааччылар делегацияларыгар киирэн кыттыбыта.
1990 с- Москва куоракка РСФСР суруйааччыларын 7-с съеһигэр Саха Сириттэн делегатынан талыллан кыттыыны ылбыта.
1990 с- Москва куоракка Улуу Кыайыы 45 сылыгар аналлаах парадыгар Дьокускай куораттан ветераннар бөлөхтөрүгэр кыттыбыта, 1-кы Ударнай Армияҕа сулууспалаабыт бойобуой доҕотторунуун көрсөн кэлбитэ.

Алексей Спиридонович Бродников(1917-1998 сс.)Аҕа дойду Улуу сэриитин Арҕааҥҥы фронун кыттыылааҕа, “Албан аат” 3-с степеннээх, “Аҕа дойду Улуу

Что такое shareslide.ru?

Это сайт презентаций, где можно хранить и обмениваться своими презентациями, докладами, проектами, шаблонами в формате PowerPoint с другими пользователями. Мы помогаем школьникам, студентам, учителям, преподавателям хранить и обмениваться учебными материалами.


Для правообладателей

Яндекс.Метрика

Обратная связь

Email: Нажмите что бы посмотреть