Илинтэн арҕаа ол кустуга
Алмаас таас курдук сандаара сырдыыр.
Хос ырыата:
Барҕа быйаҥнаах Сахам дойдута
Модун Россия киэҥ туттуута;
Өркөн-өрөгөй тойугун туойдун,
Үүнэр үйэҕэ үрдүү туруохтун!
Үллэр үөстээх Өлүөнэ Эбэ
Өлбөт-мэҥэ угуттуур уулаах.
Элбэх омукка эрчим эбэр,
Или-эйэни олохтуур уохтаах.
Хос ырыата.
Ааспыт кэммит айхаллаах суола
Арчылыыр аар алгыһын биэрдэ,
Сахабыт сирэ дьоһун, дуолан
Сайдыы аартыгар түөрэҕэ түстэ.
Хос ырыата
Герб РС (Я)


