Слайд 1Н.Г.Золотарев – Николай Якутскай -
саха норуотун чулуу суруйааччыта
Уопсай уорэхтээьин буддьуотунэй
муниципальнай тэрилтэтэ
«А.Н.Явловскай аатынан Сылгы-Ыытар уопсай уорэхтээьин орто оскуолата»
Тарасова Розалия Николаевна,
алын кылаас учуутала
2016с.
Слайд 2
Николай Гаврилович Золотарев-Николай Якутскай
Улэ Кыьыл Знамята, Норуоттар до5ордоьуулара, Бочуот Знага
орденнар кавалердара
Слайд 3
Золотарев Николай Гаврилович – Николай Якутскай –Саха Республикатын народнай суруйааччыта.
Уоьээ
Булуу улууьугар Харбалаах нэьилиэгэр 1908с. сэтинньи ый 22 кунугэр торообутэ. 1919с. Харбалаах начальнай оскуолатыгар 11 сааьыгар уорэнэ киирбитэ. Уьус сылыгар гражданскай сэрии са5аламмыта, онно кинини комсомолга ылбыттара.
Слайд 4Булуу куоратыгар 8-с кылааьы
бутэрбитин кэннэ Владивостоктаа5ы
байыаннай оскуола5а ыыталлар.
1930с.
Владивосток куоракка Кыьыл армия командирдарын оскуолатын
ситиьиилээхтик бутэрэр уонна
Молдавия5а пограничнай чааска
сулууспалыы барар. Сулууспалыы сылдьан Н.К.Крупская аатынан академияны бутэрэр.
Слайд 51938с. демобилизацияланар, Тирасполь куоракка, кэргэнин дойдутугар , хаалар.
Бу кэмнэ Украина,
Молдавия хаьыаттарыгар нууччалыы тылынан очеркалары суруйар уонна «Николай Якутскай» диэн илии баттыыр буолар. Бу псевдонима, кини норуотунан киэн туттуутун,Сахатын сиригэр тапталын,ахтыл5анын кэрэьитэ буолар.
Слайд 6
1941с. Николай Гаврилович дойдутугар тоннор, партийнай пропагандист быьыытынан
араас улуустары кэрийэн лекция, дакылаат онорор.
1943с. «Куобах туохтан кутуруга суох буолбутай?», «Эьэлээх боро иирсээннэрэ» диэн кыра саастаах о5олорго остуоруйаны сахалыы суруйар. Бу суруйуутун Николай Егорович Мординов – Амма Аччыгыйа ойообутэ, Якгизка бэчээттэппитэ.
Слайд 7Куобах туохтан кутуруга суох буолбутай?
Слайд 81946с.-суруйааччылар союзтарын чилиэнэ, 1948с. - 1953с., 1958-1961с. суруйааччылар союзтарын бэрэссэдээтэлэ
1956с.А.М.Горькай
аатынан институт Урдуку литературнай куурсугар уорэммитэ. 1956 – 1958с. «Хотугу сулус», «Полярная звезда» сурунаал эппиэттиир секретарынан, 1961сыл ыам ыйыттан идэлээх суруйааччы быьыытынан улэлиир.
Слайд 101947с. бастакы кинигэтэ аатырбыт романа «Толко» бэчээттэнэр.
1948с. А5а дойду сэриитин
кэннэ саха прозатыгар биллэр- костор айымньыта «Комустээх уруйэ» сэьэнэ тахсар.Николай Якутскай суруйааччылартан бастакынан алмааьы хостооччулар улэлэригэр анаан уус уран айымньыны суруйбута: «Алмааьы кордооччулэр» «Алмаас уонна таптал», «Маннайгы хамнас»
Слайд 12 Сходка у князца Иона Хахарова
В юрте Никифора Токура.
«Не отдам сына!».
Меня
давно интересовал этот остров, — сказал Ярославский.
Иллюстрации к произведению«Из тьмы»
Слайд 131989с. ахсынньы 27 кунугэр 11 №-дээх фабрика5а булуллубут 45,9 карат ыйааьыннаах
алмааска 1989с. тохсунньу 4 кунугэр «Суруйааччы Николай Якутскай» диэн аат бэриллибитэ.
Николай Гаврилович икки о5олоох. Улуу орустэрбит ааттарынан кыыьын – Лена, уолун – Вилюй диэн ааттаабыта.
Слайд 14 «Комустээх уруйэ», «Толко», «Алмааьы кордооччулэр», «Алмаас уонна таптал», «Биьиги кытылбыт»,
«Аата - алмааска» кинигэлэрэ нууччалыы, угус айымньылара 12 араас омук тылларынан тылбаастанан тахсыбыттара . «Комустээх уруйэ» сэьэнэ, саха суруйааччыларын айымньыларыттан бастакынан, «Обугэ кистэлэнэ» диэн «Таджикфильм» студия5а киинэ буолан уьуллар.
Слайд 15Ходулов Д.Ф. - Седюк –оруолугар
«Тайна предков», Таджикфильм
Слайд 16Николай Якутскай кыра, орто саастаах о5олорго анаан кыыллар тустарынан кэпсээннэри, араас
тиэмэлээх остуоруйалары айбыта: «Куобах туохтан кутуруга суох буолбутай», «Эьэлээх боро иирсээннэрэ», «Эьэ о5отун эрэйдээх сырыыта», «Куобахтаа5ар куттас», «Сир кыыьа», «Арбы - Сарбы», «Таьыгыраан о5онньор уолаттара», «Сэрэхтээх Сэмэликээн», «Ойуур оскуолата» уонна да атыттар.
Слайд 19Николай Гаврилович оло5ун бутэьик сылларыгар эмиэ элбэх айымньылары суруйбута: «Учуутал», «Бургомистр»,
«Кырдьыкка хабаанныыр сэьэн» о.д.а.
Норуот тапталлаах суруйааччыта Николай Якутскай аата ыччаттан ыччакка бэриллэн, айхалланан, албан аатыра туруо5а. (Ю.И.Васильев- Дьаргыстай)
Слайд 20Туьаныллыбыт литература:
1.Николай Якутскай «Комустээх уруйэ»
2. Саха литературата, 11 кылаас –П.В.Максимова, Н.Н. Тобуруокап, Н.И. Филиппова
3.Литература кэрэьиттэрэ, 10-11 кылаас –У.М.Флегонтова
4.Николай Якутскай . Саха суруйааччылара о5олорго.
5. 4 кылаас о5олорун уруьуйа
6. Новгородова М.Я.-алын кылаас учуутала