Слайд 1Е.П.Неймохов
олоҕун, айар үлэтин оскуолаҕа үөрэтии
Томпо оройуонун
Мэҥэ-Алдан орто оскуолатын
саха тылын уонна литературатын учуутала
Гоголева Анджела Васильевна үлэтэ
Слайд 2Бастааҥҥы төрүөт
2009 сылтан саха тылын учууталларын МХ улэлиир темата – «Олохтоох
суруйааччылар олохторун, айар үлэлэрин үөрэтии»
2009 сылтан региональнай «Неймоховскай ааҕыылар» конференцияны тэрийэн ыытыы үгэскэ кубулуйда.
2014 сылтан Мэҥэ-Алдан орто оскуолата саха народнай суруйааччыта Е.П.Неймохов аатын сүгэр чиэскэ тигистэ.
Слайд 3Проблемата
Билиҥҥи кэмҥэ оҕо уус-уран айымньыыны ааҕар культурата намыһах.
Е.П.Неймохов олоҕун, айар
үлэтин туһунан үөрэнээччи билиитин таһыма кыра.
Саха литературатын программатыгар суруйааччы «Бастакы хаар» диэн кэпсээнэ эрэ 8 кылааска киирэн турар. Оҕолор кылаас таһынан ылбыт билиилэринэн эрэ муҥурданаллар.
Слайд 4Актуальноһа
Оскуоланы бүтэрэр саха оҕото төрөөбүт дойдутун историятын, тумус туттар дьонун, ийэ
тылын, литературатын билиэхтээх.
Е.П.Неймохов баай ис хоһонноох олоҕо, айар үлэтэ оҕону иитиигэ улахан суолталаах.
Слайд 5Сабаҕалааһын
Е.П.Неймохов аатынан Мэнэ-Алдан оскуолатын үөрэнэн бүтэрэр оҕо суруйааччы олоҕун, айар үлэтин
туһунан билиитэ чиҥ буолар.
Төрөөбүт тылынан ыраастык саҥарарга дьулуһар, ааҕар, айар дьоҕурун сайдыытын таһыма үрдүүр.
Биир дойдулааҕа саха народнай суруйааччыта Егор Неймохов аатынан, төрөөбүт дойдутунан киэн туттара күүһүрэр.
Слайд 6Сыала:
Саха народнай суруйааччыта Е.П.Неймохов баай ис хоһоонноох олоҕун, айар үлэтин 5-11
кылаас үөрэнээччилэригэр үөрэтии.
Соруга:
Е.П.Неймохов олоҕун, айымньыларын уруокка, кылаас таһынан үлэҕэ үөрэтии.
Суруйааччы айымньыларын нөҥүө оҕо ааҕар, ситимнээхтик саҥарар, суруйар, чинчийэр, айар дьоҕурун сайыннарыы.
Саха тылыгар, төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрии.
Слайд 7Объега
Е.П.Неймохов олоҕун, айар үлэтин үөрэтии
Субъега:
Мэнэ-Алдан орто оскуолатын 5-11 кылаас үөрэнээччилэрэ
Слайд 9Үлэ хайысхата:
Суруйааччы айымньыларын кылаас таһынан аахтарыы.
Чиэппэр аайы 1дии уруогу Е.П.Неймохов
айымньытыгар анаан биэрии.
Саха тылын уруоктарыгар суруйааччы айымньытыттан уус-уран чаҕылхай холобурдары туһаныы.
Оҕолору айар үлэҕэ көҕүлээһин (хоһоон, кэпсээн суруйтарыы, уруһуйдатыы).
Чинчийэр үлэни тэрийии (өйтөн суруйуу, дакылаат, реферат суруйтарыы, конференцияҕа кыттыы)
Е.П.Неймохов олоҕор, айар үлэтигэр аналлаах литературнай киэһэлэри тэрийии(викторина, оонньуу, инсценировка, айымньыттан быһа тардан хоһоонноохтук ааҕыы).
Е.П.Неймоховка аналлаах стендэлэри, презентациялары оҥоруу.
Суруйааччы айымньыларынан тылдьыт оҥоруу.
9. Информационнай-компьютернай технологияны
туһанан суруйааччы туһунан матырыйаалы түмүү,
тарҕатыы.
Слайд 10Е.П.Неймохов олоҕун, айымньыларын уруокка уонна кылаас таһынан аа5ыы.
Слайд 12Саха литературатын уруогар үөрэтии
Оҕолор эрдэ кылаас таһынан Е.Неймохов чопчу хайа
эрэ айымньытын ааҕан кэлэллэр. Онно тирэҕирэн анал уруокка айымньы ис хоһоонун, тылын-өһүн ырытыы, айар үлэҕэ көҕүлээһин үлэтэ барар. Ол курдук, оҕо сааһын учуоттаан, үөрэтиллэр бөлөх темаларга сөп түбэһиннэрэн, Е.Неймохов айымньыларын киллэрэ сатыыбын. Айымньыга тирэҕирэн проблемнай уруоктары тэрийиэххэ сөп.
Холобура, 7 кылааска Суорун Омоллоон «Бэйэтэ эмтиэкэ» сатирическай кэпсээнин ааҕан баран, Е.Неймохов «Аныгы эмтиэкэ» кэпсээнин ааҕабыт, тэҥнии тутан ырытабыт.
8 кылааска «Сэрии уонна эйэ» диэн темаҕа түбэһиннэрэн «Аҕалаах оҕо кэпсэтиилэрэ» диэн хайа да тыйыс сүрэхтээх дууһатын долгутар кэпсээнин ааҕан ырытабыт.
Кылаас аайы Алампа айымньыта үөрэтиллэр, онно сыһыаран Е. Неймохов «Алампа» романыттан быһа тардан киллэрдэххэ көдьүүстээх буолара саарбаҕа суох. Холобура, Алампа оҕо сааһа, таптала, Өксөкүлээх Өлөксөйү кытта доҕордоһуута уо.д.а.
10 кылааска «Ааттара эргиллибит суруйааччылар» темаҕа «Хаһыы» сэһэни, оттон гражданскай сэрии тематыгар «Быһах биитинэн» романы ырытыахха сөп.
Слайд 13Саха тылын уруоктарыгар суруйааччы айымньытыттан холобурдары туһаныы.
Лексиканы, саҥа чаастарын, синтаксиһы
үөрэтиигэ, ситимнээх саҥаны сайыннарар уруоктарга суруйааччы айымньытыттан холобур буолар этиилэри, текстэри туһаныахха сөп. Холобура, 6 кылааска сомоҕо домохтору үөрэтэргэ туттабын. Холобура, этииттэн сомоҕо домоҕу бул, суруйааччы сомоҕо домоҕу туох суолтаҕа туттубутуй эбэтэр сомоҕо домох суолтатын тылдьыттан булуҥ диэн сорудахтары биэриэххэ сөп.
Оруо маһы ортотунан. Сиэргэ баппаттык, тосту-туора (быһыыланыы, саҥарыы). (Г;62) Дьиҥэр, Былааһап оруо маһы ортотунан барылатар курдук эрээри, бэйэтин майгыта итинник. (Х;16)
7 кылааска дьүһүннүүр уонна тыаһы үтүктэр туохтуурдары үөрэтиигэ айымньыттан холобур ылыахха сөп. Холобура:
Иирэ бочур сэбирдэхтэрэ ибигирэһэллэр. (5,31) Тыалга сэбирдэх өр тохтоло суох хамсыыр.
Дьиэлээх… миин иһэн сыпсырыйар быһыылаах.(5,4) Миин сылаас буолан, киһи бытааннык иһэр тыаһа.
Слайд 14Хайа баҕарар кылааска этии синтаксическай ырытыытын оҥорорго бэртээхэй холобурдары туттуохха сөп.
Е.П.Неймохов
диалогу сатабыллаахтык туһанара. Сурук бэлиэтин сөпкө туруорун диэн сорудахтаан баран, диалогу үөрэтиигэ киллэрдэххэ олус үчүгэй.
Ситимнээх саҥаҕа текстэн кэрчиктэри эмиэ туһаныахха сөп. Холобура, текст ханнык ньыманан, стилинэн суруллубутуй эбэтэр текси толору ырытын диэн сорудахтаах. Учуутал туттар холобурдара оҕону үтүөҕэ иитэрэ кэрэхсэнэр.
Оҕолорго дьиэҕэ сорудах быһыытынан хайа эрэ темаҕа Е.Неймохов айымньытыттан холобурда булан устун диэтэххэ булан аҕалаллар.
Суруйааччы холобур буолар этиилэрин карточкаҕа суруйуохха эбэтэр компьютерга бэчээттээн киллэриэххэ сөп, туттарга табыгастаах. Онон суруйааччы хайа баҕарар айымньытыттан быһа тардыыны саха тылын уруоктарыгар сатаан туһаныахха сөп.
Слайд 16Литературнай биэчэрдэри тэрийии.
Е.П.Неймоховка аналлаах стендэлэри, презентациялары оҥоруу.
Суруйааччы айымньыларынан тылдьыт оҥоруу.
Слайд 17Түмүк:
Е.П.Неймохов олоҕун, айар үлэтин оскуолаҕа үөрэтии саха оҕото киһи быһыытынан үүнэн-сайдан
тахсарыгар улахан суолталаах.
Биир дойдулаахпыт айымньыларын саха тылыгар, литературатыгар эрэ буолбакка атын предмеккэ эмиэ сыһыары тутан үөрэтэллэрэ буоллар өссө кэрэхсэбиллээх буолуо этэ.
Бу проегы өссө чочуйан элективнэй курс оҥоруохха сөп.